Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ саҕаланна
Куду бибилэтиэкэтигэр Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар “Оҕо кинигэтин” нэлдиэлэтэ саҕаланна. Ол курдук, бүгүн оҕолор бибилэтиэкэҕэ мустан, нэдиэлэ сыалын – соругун, инники былааннарын туһунан иһиттилэр. Баар саҥа кэлбит оҕо кинигэлэрин кытта билистилэр. Уопсайа 4 оҕо уонна биир төрөппүт кэлэн ыалдьыттаата. Бэлиэтээн эттэххэ, бу оҕолор Павлова Розалия Николаевна сиэннэрэ, Чурапчыттан кэлэн каникул кэмигэр, эбэлэригэр ыалдьыттыыллар, көмө буолаллар. Ол […]
с 22 марта по 30 марта 2025 года Всероссийская неделя Детской книги
В период с 22 по 30 марта 2025 года при поддержке Министерства культуры Российской Федерации проводится мероприятие по продвижению детской книги – Всероссийская неделя детской книги. Все мероприятия недели посвящены 80-летию Победы в Великой Отечественной войне и приурочены к году 80 летия Великой Победы в Великой Отечественной войне РФ, к Году Защитника Родины в РС […]
Үөдүгэйдэр – Кудулар “Доруобуйа күнүгэр”
Кулун тутар 11 күнүгэр Куду алын сүһүөх оскуола – уһуйаан уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр улууска ыытыллар “Доруобуйа күнүн” ситиһиилээхтик ыытан кэллилэр. Барыта 19 киһи кэлэн чэбдигирдэр флешмоб-сэрээккэҕэ уонна сахалыы “тыксаан”, “саһаан”, “биэс ойбон”, хабылыктаан, хаамыскалаан, дуоһуйа кэпсэтэн – сэлэһэн, Үөдүгэй бибилэтиэкэрэ Валентина Петровна Филиппова итии үүттээх чэйин астына иһэн кэллибит.
“Өксөкүлээх Сардаҥата “
Куду оскуолатыгар Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар “Өксөкүлээх Сардаҥата”, Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ М. Е. Николаев көҕүлээн саҕалаабыт аахсыйата ыытылынна. Бу аахсыйа чэрчитинэн оҕолорго саха суругунан литэрэтиирэтин төрүтээччи, сырдатааччы А. Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан иһитиннэрии оҥоһулунна. Ол кэннэ бастакы бэрэсидьиэн М. Е. Николаев пуондатын өйөбүлүнэн уһуллубут кылгас кээмэйдээх киинэ (режиссер Иван Семенов) көрүүтэ буолла.
Кынаттаах сүүрүүк кыыс – Алена Татаринова
Алена Татаринова туһунан “Кыым” хаһыакка суруналыыс Федор Рахлеев суруйбут “10 сыл буолан төннүү” ыстатыйатын ааҕыҥ
Болҕойуҥ, саҥа кинигэлэр!
Куду бибилэтиэкэтигэр саҥа кинигэлэр кэллилэр. Ол курдук, “Айар” кинигэ кыһата таһаарбыт араас ис хоһоонноох, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр анаммыт кинигэлэр. Бары билиини хаҥатарга, иллэҥ кэмҥэ ааҕарга анаммытттар. Кэлиҥ, сылдьыҥ, ааҕыҥ, билиигитин хаҥатыҥ!
“Таптыыр сахам тылынан” төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук – бичик күнүгэр аналлаах “ТАПТЫЫР САХАМ ТЫЛЫНАН” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан тэрээһинэ
Олунньу 14 күнүгэр төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук – бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Таптыыр сахам тылынан” дьыктаан суруйуутугар Куду учаастагын олохтоохторо ситиһиилээхтик кытынныбыт. Ол курдук Егорова С. М., Павлова Л. М., Васильева В. В. уонна Прокопьева А. В. дьыктааны суруйдулар. Кыттааччылар Т. Сметанин “Кыайбыттар ыһыахтара” диэн ааттаах уус – уран, чахчы саха тыла баайын, […]