“Таптыыр сахам тылынан” төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук – бичик күнүгэр аналлаах “ТАПТЫЫР САХАМ ТЫЛЫНАН” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан тэрээһинэ

Олунньу 14 күнүгэр төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук – бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Таптыыр сахам тылынан” дьыктаан суруйуутугар Куду учаастагын олохтоохторо ситиһиилээхтик кытынныбыт. Ол курдук Егорова С. М., Павлова Л. М., Васильева В. В. уонна Прокопьева А. В. дьыктааны суруйдулар. Кыттааччылар Т. Сметанин “Кыайбыттар ыһыахтара” диэн ааттаах уус – уран, чахчы саха тыла баайын, ойуулуур – дьүһүннүүр тыллара үгүһүн сөхтүлэр, махтаннылар, төрүт тылларынан киэн тутталларын биллэрдилэр. Дьыктаан суруйааччылар “Махтал сурук”, “Туоһу сурук” тутан үөрэ – көтө тарҕастылар. Бэлиэтээн эттэххэ, дьыктааны ыытыыга көмөлөспүт, учуутал Жендринская Туйаара Романовна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин “Оҕо ааҕыытын кииниттэн” эмиэ Махтал сурук тутан үөрдэ – көттө.