Куду оскуолатыгар Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар “Өксөкүлээх Сардаҥата”, Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ М. Е. Николаев көҕүлээн саҕалаабыт аахсыйата ыытылынна.

Бу аахсыйа чэрчитинэн оҕолорго саха суругунан литэрэтиирэтин төрүтээччи, сырдатааччы А. Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан иһитиннэрии оҥоһулунна. Ол кэннэ бастакы бэрэсидьиэн М. Е. Николаев пуондатын өйөбүлүнэн уһуллубут кылгас кээмэйдээх киинэ (режиссер Иван Семенов) көрүүтэ буолла.
