Үөдүгэйдэр – Кудулар “Доруобуйа күнүгэр”

Кулун тутар 11 күнүгэр Куду алын сүһүөх оскуола – уһуйаан уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр улууска ыытыллар “Доруобуйа күнүн” ситиһиилээхтик ыытан кэллилэр. Барыта 19 киһи кэлэн чэбдигирдэр флешмоб-сэрээккэҕэ уонна сахалыы “тыксаан”, “саһаан”, “биэс ойбон”, хабылыктаан, хаамыскалаан, дуоһуйа кэпсэтэн – сэлэһэн, Үөдүгэй бибилэтиэкэрэ Валентина Петровна Филиппова итии үүттээх чэйин астына иһэн кэллибит.