Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ саҕаланна

Куду бибилэтиэкэтигэр Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар “Оҕо кинигэтин” нэлдиэлэтэ саҕаланна. Ол курдук, бүгүн оҕолор бибилэтиэкэҕэ мустан, нэдиэлэ сыалын – соругун, инники былааннарын туһунан иһиттилэр. Баар саҥа кэлбит оҕо кинигэлэрин кытта билистилэр. Уопсайа 4 оҕо уонна биир төрөппүт кэлэн ыалдьыттаата. Бэлиэтээн эттэххэ, бу оҕолор Павлова Розалия Николаевна сиэннэрэ, Чурапчыттан кэлэн каникул кэмигэр, эбэлэригэр ыалдьыттыыллар, көмө буолаллар.

Ол курдук кэлэн ыалдьыттаатылар, уруккута Куду оскуолатын үөрэнээччилэрэ, билигин Чурапчы оскуолатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэр – Эрчим Павлов – үөрэх туйгуна, Дьулус Павлов – үөрэх туйцуна, Туйнгууна Павлова уонна Күннэй Васильева – 1 кылаас үөрэнээччитэ.