Балаҕан ыйын 1 күнэ – Билии күнэ Кудуга

Быйыл оруобуна 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир улуус биир кырдьаҕас, бастакы оскуолаларыттан биирдэстэригэр – Куду оскуола саадыгар алтан чуораан чугдаарда, барыта 11 оҕо саҥа үөрэх дьылын үөрэ-көтө, уруйдуу көрүстүлэр. Билии күнүнэн кэлэктииби, үөрэнээччилэри уонна иитиллээччилэри Үөдүгэй нэһилиэгин Баһылыга Альберт Юрьевич Иванов эҕэрдэлээтэ.

Дириэктэринэн бу оскуола – саады сүүрбэ сыл салайбыт, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Варвара Васильевна Васильева үөрэммит, үлэлээбит оскуолатыгар, дьонугар – сэргэтигэр ытыктабылын, дойдутугар бэриниилээҕин көрдөрөн, иккистээн ананан таҕыста.

Оскуола – саад дириэктэрэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна Васильева В. В. эҕэрдэтэ.

Ону тэҥэ, алын кылаас учууталларынан бу иннинэ дириэктэринэн үлэлээбит, Уус Алдантан кэлэн 12 сылын үлэлиир Ия Иннокентьевна Парникова уонна Айыллаан Иннокентьевна Анисимова ананнылар.

Саҥа үөрэх дьыла үгүс ситиһиилэрдээх буоллун! Төрүт дойдубут Кудубут үүнэ – сайда турдун! Саҥа саҕахтар арыллан, сайдыы суола арылыннын!

Куду бибилэтиэкэтин үлэһитэ Оконосов Е. Д. үөрэнээччилэри, үлэһиттэри эҕэрдэлээтэ, үөрэххэ – үлэҕэ ситиһиилэри баҕарда.

Саҥа үбүлүөйдээх үөрэх сыла ситиһиилээх буолуохтун!