Бүлүү Эбэ барахсан. Иэгэйэр икки атахтаах, саха урааҥхай сөбүлээн да, таптаан да эн торҕо күөх, сиэдэрэй айылҕалаах кытылгар олохсуйбута, ууһаабыта, тэнийбитэ. Ол кэмҥэ тулаҥ барыта ып – ыраас, уйгулаах уугунан бар дьоҥҥун үөрдэриҥ. Оннук эрэ киһи сөбүлүөх, олох оҥостон олоруох өрүһэ Эн этиҥ! Хотун Бүлүү, Сыа Бүлүү диэн ытыктанан ааттанан, көмүс хатырыктааххынан күндүлээн бар дьоҥҥун баччаҕа дылы аһатан кэллэҕиҥ.
Төрдө – Орто Сибиир хаптал хайата
Ханна түһэрий – Өлүөнэ өрүс
Уһуна – 2650 км
Бассейнын иэнэ – 424000 квадратнай км.

Бу күнү 2017 сылга дойдуга Экология сылыгар Бүлүүгэ буолбут экологтар улахан мунньахтарыгар бэлиэтииргэ ылыммыттара. Аан бастакытын экологическай бэстибээл быһыытынан 2014 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр Дмитрий Макаров “Зеленый пояс Вилюя” экология пуондатын көҕүлээһининэн уонна Бүлүүтээҕи айылҕа харыстабылын инспекциятын, Бүлүү куорат дьаһалтатын өйөбүлүнэн ыытыллыбыта.
