Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Доруобуйа харыстабылын бочуоттаах ветерана”, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо – Корякина Дария Иннокентьевна 75 сааһын бэлиэтээһин.

Муус устар 27 күнүгэр 1950 с Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр Корякина Дария Иннокентьевна күн сирин көрбүт күнэ.

Кини 4 ыйыгар, ийэтэ ыалдьан бу дойдуттан барбытын кэннэ, аҕата 9 ыйыгар дылы бэйэтэ көрбүт, онтон Боотулууга эбэтигэр Аанаҕа илдьэр. Манна оскуола сааһыгар дылы иитиллэр.

Онтон 1957 с. Үөһээ Бүлүүтээҕи Бараахап аатынан оскуолаҕа нулевой кылааска үөрэнэ киирэр.

Бараахап оскуола 8 кылааһын бүтэрэн баран Алданнааҕы медучилищеҕа 1967 с. үөрэнэ  барар.

1972 с. Сэбиэт Кэтириинэ сүбэтинэн (Адамова Екатерина Васильевна) Дабыыдапка үлэлии кэлэр. Ильина Тамараҕа олохсуйар. Дьэ бу сылтан Куду детсаадыгар  иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн үлэтин саҕалыыр.

Бу сылдьан олохтоох ыал Мотуруона уонна Никита Саввиновтар кыра уолларын Василий Никитич диэн киһилиин сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан ыал буолаллар. Бу кэмҥэ Баһылай сопхуос кадровай булчутунан үлэлиир эбит. 20 сыл дьоһун ыал аатын ылан олорбут дьоллоох кэмнэрэ.

Анджела – улахан кыыс.

1974 с. уол оҕолоноллор. (Коля)

1976 с. кыыс оҕолоноллор (Лиза)

1979 мс. Атырдьах ыйыттан Дабыыдаптааҕы ФАПка биэлсэринэн үлэлии киирэр. Уонна манна хаһан ФАП сабыллыар диэри үтүө суобастаахтык эҥкилэ мсуох үлэлиир. 2016 с. ФАП сабыллыбыт. 40-ча сыл үлэлээбит.

3 оҕо ийэтэ, 9 сиэн, 14 хос сиэн эйэҕэс эбээтэ.

Дабыыдап сэлиэнньэтин ытык кырдьаҕаһа.

Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Саха Республикатын доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ.

Кэрэ, күндү да күннэр эбиттэр ааспыт күннэр-дьыллар. Баҕа санаам диэн, олоҕум улахан аҥаара ааспыт долйдута – Кудум барахсан сайда, улаата, өссө да үүнэ – чэчирии турдун.  (Төрүт сирбит – Кудубут. 2020 с.)

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уурааҕынан Дария Иннокентьевнаҕа СӨ “Доруобуйа харыстабылын бочуоттах бэтэрээнэ” бэлиэни туттарар Васильева В. В.

Оскуола – уһуйаан директора Парникова И. И. үлэһиттэр ааттарыттан эҕэрдэтэ.

“Үөдүгэй нэһилиэгэ” МТ баһылыга Альберт Юрьевич эҕэрдэтин туттарар Васильева Валентина Васильевна.