Кудуга Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһин

Ыам ыйын 8 күнүгэр Куду нэһилиэгэр сарсыарда эрдэттэн Кыайыы ырыалара дуорайан, олохтоохтор сүргэлэрин көтөхтө. Онтон нэһилиэк олохтоохторо Кыайыы былааҕын өрө тутан үөрүүлээх параакка кыттаары оскуола таһыгар муһуннулар. Параады оскуола – уһуйаан директора Парникова И. И. иилээн-саҕалаан ыытта. Оскулола үөрэнээччилэрэ Мартынова Дарина, Иванова Соня ырыа ыллаан олохтоохтору үөртүлэр.