Семенов Теймур Викторович – Хаар Уола 1986 сыллаахха Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтэ. Үөһээ Бүлүү оройуонун Үөдүгэй нэһилиэгин Куду учаастагар оҕо сааһа ааспыта.
Хаар Уола айар үлэнэн дьарыктаммыта ыраатта эрээри, урукку өттүгэр хоһоонноро ханна да бэчээттэммэтэхтэрэ. “Бүгүн, сарсын, өйүүн – эн күнүҥ” – Хаар Уолун айар үлэтин аартыгын арыйар бастакы кинигэтэ.
Кинигэҕэ эдэр ааптар олоҕу уратытык анаарыыта уонна устан ааһар күннээҕи олох – дьаһах ис дьиҥин иһиттэн адьас атыннык, чахчыга олоҕуран кырдьыктаахтык көрүүлэрэ, араас кэмҥэ суруллубут дириҥ ис хоһооннох айымньылара уонна, биллэн турар, таптал туһунан ураты үөтүүлээх хоһоонноро тиһиллэн киирбиттэр.
Иккис бэйэм
Эрдэттэн ким даҕаны билбэт
Бу олохпутун ким төлкөлүүрүн,
Ханнык-туох идэлэри таларбытын,
Сөптөөх суолу – ииһи буларбытын.

Дууһа кылын таарыйан
Хаар Уола диэн псевдонимнаах эдэр киһи хоһооннорун ыыппытын ааҕан бараммын, “сык” гына түспүтүм. Онтум туһугар оруннаах. Тоҕо диэтэххэ, кини хоһоонноругар олох муудараһын билбит аҕам саастаах киһи санаата – оноото, эрэйи – кыһалҕаны көрсүбүт, сэргиир – сэҥээрэр, тапталтан муҥнанар киһи барахсан курдары көстөр.
Хаар Уолун хоһооннорун мин ааҕан бараммын, тыыппалаахтар, иэйиилээхтэр дии санаатым. Киһи тута тылынан кыайан эппэт туох эрэ дьиктитэ баар. Оттон ол кистэлэҥин бу кинигэни аахпыт киһи бэйэтэ быһаарыа, сыаналыа турдаҕа, бука диэн.
Теймур чахчы суруйар, айар – тутар дьоҕурдаах. Онон инникитин кэҥнэн – кэхтэн хаалбакка элбэхтик суруйдаҕына, айар үлэтин харытын ньыппарынан туран дьаныардаахтык дьарыктаннаҕына, элбэҕи ситиһиэ. Дьэ, оттон оннук эрэ буоллун.
Валерий Васильевич Васильев – Муттуххай Бороҥ, Россия суруналыыстарын союһун уонна Норуоттар икки ардыларынааҕы Суруйааччылар түмсүүлэрин, Саха Республикатын Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, “Үөдүгэй нэһилиэгэ” МТ баһылыга (2019 с.)
