Муус устар 11 күнүгэр Куду учаастагар, үгэскэ кубулуйбут Саха сиригэр уһун кэмҥэ баһылаан турбут тымныы Кыһыны атаарыы тэрээһинэ олус үчүгэйдик ааста. Хомойуох иһин, бу сырыыга халлааммыт тымныйан биэрдэ эрээри, олохтоохтор сүрдээх көхтөөх буолалларын көрдөрдүлэр. Ол курдук, ахсааммыт аҕыйах эрээри, икки түөлбэҕэ арахсан, турар сири киэргэтиигэ, көрдөөх эстафетаҕа, үгэс буолбут блины астан сонун бүлүүдэ оҥорууга уонна кырачааннарбытыгар көрдөөх күрэхтэри ыытыыга куоталастыбыт. Бэлиэтээн эттэххэ, бу үөрүүнү тэрийбит, салайан ыыппыт оскуола – уһуйаан, директор И. И. Парникова, тэрээһини иилээн – саҕалаан ыыппыт эдэр учуутал Сидорова Надежда олохтоохтор махталларын тиэрдэбит.




“Семицветик” түөлбэ кыайыылаах блиныта.

