Улууспут төрүттэммитэ 90 сыллаах үбүлүөйүн көрсө

Куду – Үөдүгэй нэһилиэгэ МТ иһигэр киирэр кыракый нэһилиэк. Улуус кииниттэн 3 көс кэриҥэ ыраах сытар. Билиҥҥи туругунан нэһилиэккэ 40-ча киһи олорор. Оскуола – уһуйаан ситиһиилиээхтик үлэлиир, директор Парникова И. И. Маны таһынан киин бибилэтиэкэ 11 нүөмэрдээх филиала баар.

Нэһилиэнньэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар – ынах сүөһүнү, сылгыны көрө – истэр, үүтү – эти дэлэтэр. Сайыҥҥы кэмҥэ үүтүһ астыыр сыах үлэлиир.