Куду үөрэҕириитин историятын күн бүгүн салҕааччылар.
Кинилэр сахабыт сирин киин улуустарыттан кэлэн Куду сирин-уотун, дьонун – сэргэтин, үлэлэрин сөбүлээн олорбуттара, үлэлээбиттэрэ 10-ча сыл буолла.
Үлэлэрин таһынан олохтоох библиотека ыытар араас тэрээһиннэригэр күүс-көмө, тэрийээччи буолаллар.
