Бэриниилээх да учуутал кыргыттар

Кудуга үөрэҕирии историятын күн бүгүн салҕааччылар

Куду оскуола саадыгар үлэлээбиттэрэ 10 – ча сыл буолла. Сахабыт сирин киин улуустарыттан Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Үөһээ Бүлүүттэн кэлэн, Куду кэрэ айылҕатын, дьонун-сэргэтин, үлэлэрин сөбүлээн олохсуйдулар.

Куду библиотеката ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөх кыттыыны мэлдьи ылаллар.