Дапсы дьыктаана

Дапсы – Өлөксүөйэп Мэхээлэ Бөтүрүөбүс, биллиилээх саха лиҥкибииһэ, тыл үөрэҕин хандьытаата, араадьыйа биэриитин ааптара.

Саха тыла ыраас, туруктаах буоларыгар элбэх сыратын биэрбит киһи, Саха араадьыйатыгар “Биһирэм тыл” диэн өрөбүл аайы тахсар биэриилээх. 1936 (1937) с. Сэтинньи 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Боотулуутун Оноҕоччут сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. 1943 с. Бүлүү куораттааҕы оҕо дьиэтигэр ииттэрэ биэрбиттэр. 1945 с. Боотулуу 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1954-57 с.с. Үөһээ Бүлүү Ис. Бараахап аатынан орто оскуолаҕа  үөрэммитэ. 1957 – 62 с.с. СГУ саха тылын салаатын маҥнайгы бүтэрээччи. 1962 сылтан Хоро 8 кыл., Далыр, Үөһээ Бүлүү орто, киэһээҥҥи оскуолатын учуутала, хомсомуол кэмитиэтигэр оскуола салаатын сэбиэдиссэйэ. 1965 с. Тыл, литература, история институтугар үлэлиир. 2 сыл горисполкомҥа инженер дуоһунаһыгар олорбута. “Эдэр коммунист”, 13 сыл “Кыым” хаһыакка үлэлээбитэ. 1982 с. ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ буолбута. 1989 с. “Түөлбэ тылын тылдьытыгар” кыттыгас үлэтин салҕыырга ТЛИИ кэлбитэ. Билигин СР НА ГЧИ-гэ наука аҕа үлэһитэ. 2000 с. “Саха тылын култуурата – тыл үйэлээх үгэһиттэн туорааһын” диэн тиэмэҕэ тыл үөрэҕин хандьытаата буолар, учуонай истиэпэнин ылбыта. 1992 сылтан Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар “Биһирэм тыл” диэн биэриини ыытар.

“Сүр тостубатын”, “Уус кыһатынан, суруйаачы тылынан”, “Дапсы биһирэм тыла”, “Биһирэм тыл 500 биэриитэ” диэн кинигэлэр ааптардара. Түөлбэ тылын икки тылдьытын оҥорорго кыттыбыта. 2006 с.
Саха тылын үйэлээх үгэһин тылдьыта” диэн үлэтэ тахсыбыта.

“Кырастаньыын килбиэнэ”, “Учууталлар учууталлара”, “Үтүөнү билинии” диэн наҕараадалардаах.