“Күндүттэн күндүнү олоҕу туойбутум” – алтынньы 15 күнэ Саха норуодунай бэйээтэ П. Н. Тобуруокап төрөөбүт күнэ.

Алтынньы ый 25 күнүгэр Саха норуотун талааннаах поэта Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 109 сылын туолар. Петр Николаевич оҕо литературатын классига буолар. Биһиги бары хоһоонноругар, остуоруйаларыгар, кэпсээннэригэр улааппыппыт.

Бэйээ үгүс элбэх хоһооно: “Маҥан мастар, мааны мастар, хоҥкуй-нуоҕай хатыцнар…”, “Эриэккэс да ырыа үөһэттэн кутуллар, оо, кэрэ да санаа сүрэхпэр уһуктар…”, дьээбэлээх ис хоьоонноох “Өндүрүүскэ тиэтэйбэт”, “Синньигэсчэй кыргыттар сиэттиһэргэ үчүгэйдэр, кута-мата кыргыттар куустуһарга үчүгэйдэр…” – ырыа буолан билигин да ылланаллар.

Бүөтүр Тобуруокап киһи олоҕун араас өрүтүн таарыйар, сахалыы уран тылынан арыйар айымньылардаах. Төрөөбүт тылын баайын күүскэ баһыйбыт диэтэрбит даҕаны, бэйээт бэйэтэ суруйбутунан: “Миигин уус тыллаах даҕаны диэйэҕит, кырдьыгы көнөтүк этэбин, билэбин эһиги бэйэҕит, кэрэтик да этиэх эрээригит, кэмчиэҕит бэрдиттэн ньимийэҕит”, – диэбит.

Бүөтүр Тобуруокап 1917 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Кини сэриигэ бэс ыйын 22 күнүгэр 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт. Сталинградскай фроҥҥа (866 полк, 298 дивизия), пулеметчик. Сэриигэ бааһыран, Саратов куорат байыаннай госпиталыгар өр эмтэммит. 1943 сыллаахха сэрииттэн кэлбит.

Тобуруоркап өр сылларга учууталынан, оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ – 30-тан тахса сыл.

Олохтон 2001 с. кулун тутар 6 күнүгэр туораабыт.