Ийэ тыл – омук үйэлэр тухары мунньуммут барҕа баайа, кини тыыннаах буолуутун, чэчирии сайдыытын мэктиэтэ, туоһута. Төрүт тыл киһи өйө-санаата туругурарыгар, үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобулларыгар, барҕара сайдарыгар сүрүн тирэх буолар. Ол да иһин кэнчээри ыччакка төрөөбүт тыл кэрэтин, баайын тиэрдии хас биирдиибит соруга. Тыл сүрэ, тыл күүһэ муҥура суох кыаҕы биэрэр, норуоттары биир сомоҕо түмэр, үүнүүнү-сайдыыны түстүүр, үтүөҕэ-кэрэҕэ кынаттыыр сүдү суолталаах.
“Ийэ тыл уонна сурук-бичик” күнүгэр, олунньу 13 күнүгэр Куду оскуола – уһуйаан оҕолоругар анаан дьарык ыытылынна. Олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ уонна иитээччи Тобохова Е. П. буоланнар, саха тылын кэрэтин, ийэ тыл буоларын кырачааннарга сиһилии билиһиннэрдилэр. Маны таһынан тылы сайыннарыыга үлэ ыытылынна, оҕолор араас хартыыналары көрөн бэйэлэрэ этии толкуйдаатылар, араас оонньуу оонньоотулар.



