Олоҥхо саха омук былыыр былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус – уран айымньыта. Олоҥхо киһи өркөн өйүн, күүһүн – күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.
2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култуупратын биир саамай чаҕылхай щедеврынан биллэрбитэ. Нөҥүө сылыгар СӨ бэрэсидьиэнин 3036 нүөмэрдээх Ыйааҕынан 2006 сыл сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүн быһыытынан биллэриллибитэ.

Бу күн оскуола оҕолоругар олоҥхо туһунан иһитиннэриини бибилэтиэкэ үлэһитэ Оконосов Е. Д. ыытта. Оҕолор сүрдээҕин болҕойон иһиттилэр, ыйытыктары биэрдилэр. Иһитиннэрии кэнниттэн “Олоҥхо омоонноох- суолунан” диэн тургутук ыытылынна. Түмүккэ Иванова Соня, 4 кылаас – 9, Мартынова Дарина – 8 баалы ылан, Туоһу суруктары туттулар.

Салгыы аны улахан дьоҥҥо Олоҥхо дьыктаана ыытылынна. Манна 4 киһи кыттыыны ылла. Дьыктааны И. И. Бурнашев -Тоҥ Суорун “Сылгы уола Дыырай Бухатыыр” диэн олоҥхону учуутал Слепцова А. А. аахта.


Суруксуттар Туоһу суруктары бары туттулар.