Сэтинньи 11 күнэ – Былатыан Ойуунускай төрөөбүт күнэ.

Былатыан Ойуунускай — Платон Алексеевич Ойуунускай (1893 сыл сэтинньи 11 күнэ, Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэгэ — 1939 сыл алтынньы 31 күнэ, Дьокуускай) — саха сэбиэскэй суруйааччыта, поэт, драматург, олҥхоһут, тыл үөрэхтээҕэ, тыл билимин хандьыдаата, уопсастыбаннай диэйэтэл, бэлиитик, тылбаасчыт, саха литэрэтиирэтин төрүттээччи.

Сталин репрессияларын сиэртибэтэ.

Олоҕун олуктара

1914 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Учуутал семинариятыгар үөрэнэ киирбитэ, 1917 сыллаахха бүтэрбитэ. 1917—1918 сс. Томскайдааҕы учуутал үнүстүүтүгэр үөрэммитэ.

1918 сыл кулун тутарыттан КПСС чилиэнэ. 1921 с. Саха сирин Губревкомун бэрэссэдээтэлэ, 1922 сыллаахха Совнарком бэрэссэдээтэлэ, 1923 сылга Саха АССР Ситэриилээх Киин Комитетын бэрэссэдээтэлэ.

1924 сыллаахха Саха национальнай Байыаннай оскуолатын тэрийсибитэ.

1928—1931 сылларга — Саха АССР үөрэҕириитин уонна доруобуйа харыстабылын наркома.

1935 сыллаахха П. А. Ойуунускай этиитинэн Гуманитарнай-чинчийэр үнүстүүт — ГЧИ тэриллибитэ. Бастакы дириэктэрэ. Бу сыл Былатыан Ойуунускай Москваҕа Национальностар Институттарыгар лингвистическэй билим хандьыдаатын диссэртээсийэтин көмүскээбитэ. 1934—1938 — ССРС Суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, ССРС Үрдүкү 1-кы ыҥырыылаах Сэбиэтин депутата[1].

Бастакы хоһоонун 1917 сыллаахха бэчээттээбитэ. 1919 сыллаахха «Син биир буолбаат?» хоһоонун суруйбута. Былатыан Ойуунускай хоһоонноро, сэһэннэрэ, драмалара саха литэрэтиирэтин көмүс пуондатыгар киирбиттэрэ. Тыл үөрэхтээҕэ, этнограф, болкулуору хомуйааччы быһыытынан «Дьулуруйар Ньургун Боотур» уонна «Туналыйбыт ньуурдаах Туйаарыма Куо» олоҥхолору суруйбута. Саха поэзиятыгар силлабическэй-тоническай хоһоону төрүттээбитэ. Аан дойду классическай айымньыларын саха тылыгар тылбаастаабыта.

1938 сыл олунньу 3 күнүгэр НКВД органнарынан Иркутскай куоракка, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин 1-кы сессиятыттан төннөн истэҕинэ тутуллубута. «Буржуазнай-националистическэй контрреволюционнай тэриллиини салайыыга» сымыйанан буруйданан хаайыллыбыта.

Дьокуускайдааҕы хаайыы балыыһатыгар алтынньы 3 күнүгэр 1939 сыллаахха өлбүтэ.

Үтүө аата алтынньы 15 күнүгэр 1955 сыллаахха төннөрүллүбүтэ.

Үйэлээх аата

Тахсыбыт кинигэлэрэ

  • Айымньылар: 7 томнаах. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1958—1962.

Т. 1. Ырыа-хоһоон. — 224 с. Т. 2. Кэпсээннэр. — 211 с. Т. 3. Пьесалар. — 280 с. Т. 4. Дьулуруйар Ньургун Боотур: Олоҥхо. 1, 2, 3-с ырыалара. — 315 с. Т. 5. Эмиэ. 4, 5 ырыалара. — 288 с. Т. 6. Эмиэ. 7, 9 ырыалара. — 312 с. Т. 7. Ахтыылар, этиилэр, ыстатыйалар, кэпсээннэр. — 224 с.

  • Талыллыбыт айымньылар: Икки томнаах. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1975.

Т. 1. Хоһооннор. Поэмалар. Тылбаастар. Драматическай айымньылар. — 440 с. Т. 2. Кэпсээннэр, сэһэннэр, ахтыылар. Ыстатыйалар. Этиилэр. — 432 с.

  • Талыллыбыт айымньылар: 3 томнаах. — Дь.: Кинигэ кыһата. — 1992. — 1993.

Т. 1. Хоһооннор, тылбаастар, драмалар, поэмалар. — 335 с. Т. 2. Кэпсээннэр, сэһэннэр, пьесалар. Ахтыы. — 448 с. Т. 3. Якутский язык и пути его развития. — 480 с.

  • Ырыа-хоһоон. — Дь.: НКП изд-вота, 1923. — 26 с.
  • Кыһыл ойуун: 4 оонньуулаах олоҥхо-тойук. — Дь.: Саха кэскилэ, 1925. — 45 с.
  • Ырыа-хоһоон, кэпсээн. — Дь.: Ленинец, 1925. — 56 с.
  • Ырыа-хоһоон. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1927. — 65 с.
  • Бассабыык: Драма. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1928. — 96 с.
  • Дьулуруйар Ньургун Боотур: Олоҥхо. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1930. — 84 с.
  • Религия үөскээбитэ: Айыы-таҥара, иччи-айыы, удаҕан-ойуун. — Дь.: Саха Гос кинигэтин бэчээтэ, 1930. — 27 с.
  • Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо: Үс оонньуулаах олоҥхо. (Норуот олоҥхотуттан). — Дь.: Саха Гос. кинигэтин бэчээтэ, 1930. — 92 с.
  • Ырыа-хоһоон. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1930. — 25 с.
  • Ньургун Боотур: Олоҥхо. 2, 3-с ырыалара. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1931. — 286 с.
  • Ырыа, хоһоон кинигэтэ. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1934. — 72 с.
  • Дьэбэрэттэн тахсыы: Кэпсээн. — М.: Учпедгиз, 1936. — 43 с.
  • Хоһооннор. — М.: Учпедгиз, 1936. — 56 с.
  • Көҥүл ырыата / Хомуйан оҥордо С. Ойунская. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1968. — 440 с.
  • Өрүөл кэриэһэ: (Кыра саастаах оҕолорго хоһооннор). — Дь.: Кинигэ кыһата, 1972. — 16 с.
  • Дьэбэрэттэн тахсыы: Сэһэн. Улахан уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1978. — 40 с.
  • Харачаас: Кыра саастаах оҕолорго. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1978. — 16 с.
  • Кэлэр кэскил ырыата: Хоһооннор / Хомуйан оҥордо Н. Е. Винокурова. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1983. — 128 с. — Сахалыы уонна нууччалыы тылынан.
  • Көҥүл ырыата: Ырыалар, хоһооннор, кэпсээннэр, ахтыылар: Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар / Хомуйан оҥордо А. Е. Захарова. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1988. — 136 с.
  • Уруйа улааттын: Ырыанньык / Муз. ред. З. К. Степанов. Нотатын оҥордо Н. П. Стручков. — Дь.: Ситим, 1993. — 47 с.
  • Дьулуруйар Ньургун Боотур: П. А. Ойуунускай олоҥхотун оҕолорго ааҕар кинигэ / Саха Респ. үөрэҕин мин-вота. Н. В. Антонов оҥордо. — Дь., 1993. — 92 с; Пер. на эвен. яз. Д. В. Кривошапкин. — Дь.: Бичик, 1996. — 296 с. — эвен. яз.
  • Улуу Кудаҥса: Үһүйээн. — Дь.: Сахаполиграфиздат, 1995. — 88 с. — Сахалыы, нууччалыы.
  • Красный шаман / Пер. А.Бояров и П. Черных-Якутский. — Якутск: Якутгосиздат, 1930. — 55 с.
  • Избранное. — М.: Худож. лит., 1963. — 295 с.
  • Нюргун Боотур Стремительный: Якут. героич. эпос олонхо / Пер. В. Державин. Послесл. и коммент. И. В. Пухова. Ил. Э. Сивцева и др. — Якутск: Кн. изд-во, 1975—431 с; То же. — 2-ое изд. — 1982. — 431 с.
  • Стихотворения / Вступ. статья С. П. Данилова, Г. Г. Окорокова; Сост. И. В. Пухов. — Л.: Сов. писатель. Ленингрд. отд-ние, 1978. — 414 с. — (Б-ка поэта. Большая серия. — 2-е изд.).
  • Стихотворения и поэмы. — М.: Худож. лит., 1993. — 270 с.