Эҕэрдэ эһиэхэ ытык дьоммутугар!

Куду учаастагын олохтоохторун ааттарыттан көмүс саастаах ытык-мааны дьоммутун Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Үлэҕэ-хамнаска баай уопуккутун, олоххо-дьаһахха муудараскытын, үтүө-мааны майгыгыт үүнэр эдэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буоларын билинэбит уонна истиӊник махтанабыт. Быйылгы сыл эһиги олоххут укулаата тупсарыгар ананнын. Төрөөбүт улууспут норуотун хаһаайыстыбатын, социальнай-экэнэмиичэскэй, духуобунай сайдыытыгар уонна култуурунай олоҕор, олох араас эйгэтигэр киллэрбит дьоһуннаах кылааккытын үрдүктүк сыаналыыбыт уонна күн бүгүн биһигини кытта тэҥҥэ үлэлии-хамсыы, айа-тута, сүбэлии-амалыы сылдьаргытыттан  бары олохтоохтор  үөрэбит уонна Эһиэхэ сүгүрүйэбит!

Мантан салгыы биһиги ытык дьоммутун кытта билсэргитигэр ыҥырабыт.

Иванова Антонина Николаевна – 1953 сыллаахха төрөөбүт. Өр сылларга ыанньыксытынан, бостуугунан, биригэдьииринэн, үүт эрийээччинэн үлэлээбитэ. 7 оҕолоох (4 уол, 3 кыыс), 12 сиэн, 8 хос сиэн тапталлаах эбээтэ.

Корякина Дария Иннокентьевна – 3 оҕо ийэтэ, 9 сиэн, 14 хос сиэн эйэҕэс эбээтэ. Куду сэлиэнньэтин ытык киһитэ, өр сылларга доруобуйа харыстабылыгар үлэлээн олохтоохтор ытыктабылларын ылбыта. Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ. Куду бибилэтиэкэтин эрэллээх, кырдьаҕас ааҕааччыта.

Павлова Розалия Николаевна – 7 оҕо, 13 сиэн, 1 хос сиэн тапталлаах киһитэ. Урукку кэмнэргэ өр сылларга холкуоска үлэлээбитэ. Кэлин оскуола – уһуйааҥҥа үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ.

Скрябина Анастасия Алексеевна – 3 оҕолоох, 5 сиэннээх. Өр сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 20-чэ сыл Куду оскуола – уһуйааныгар минньигэс астааччынан үлэлээн баран, билигин сынньалаҥҥа олорор. Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ.