2024 сыллаахтан улуустааҕы О. Д. Федорова аатынан киин бибилэтиэкэ саҕалааһынынан, улуус дьаһалтата өйөбүлүн ылбыт – ханыы (оптуорунньук) “Доруобуйа күнэ” тэрээһин иккис сылын салҕанан барар.
Бу тэрээһиҥҥэ Куду алын сүһүөх оскуола – уһуйаан үөрэнээччилэрэ, иитиллээччилэрэ, нэһилиэк олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ылаллар. Аҥаардас сэрээккэннэн эрэ муҥурдаммакка араас бэсиэдэлэри, доруобуйаны тупсарыы туһунан киинэлэри, кинигэ ааҕыытын, ону тэҥҥэ ыаллыы сытар Үөдүгэй бибилэтиэкэтин кытта ыкса ситимнээхтик бараллар.


Быйылгы үөрэх сылыгар уһуйааҥҥа уопсайа 12 лоҕо, оскуолаҕа 2 оҕо иитиллэр, үөрэнэр.