КЫАЙЫЫ ЫРЫАТА
Кыырай эрэ,
Кыталык буолан,
Кырдалы, сыһыыны үрдүнэн,
Кыайыы ырыата!
Күөрэй эрэ,
Күөрэгэй буолан,
Күөх толооннору үрдүнэн,
Күн дьолун үөрүүтэ!
Ыллаа,
Ымыы чыычаах буолан,
Ыаллаах алаас ахсын.
Эйээр,
Этигэн хамыс буолан,
Элгээн сыһыы устун.
Кэпсиэ, кэпсиэ, түргэнник,
Кэриэн ыччаттарым
Кэккэлэригэр киирэҥҥин,
Килбиэннээх кыайыы буолтун!
Ыам ыйын 8 күнэ, 2026 сыл. Куду устун сарсыардаттан Улуу Кыайыыга анаммыт ырыа ньиргийдэ. Бу күн олохтоохтор, оскуола үөрэнээччилэрэ, иитиллээччилэрэ, сыл аайы буоларын курдук Кыайыы параадыгар кыттаары оскуола иннигэр муһуннулар. Хас биирдии киһи, оҕо илиитигэр Кыайыы мэктиэтэ буолбут Георгиевскай лиэнтэни көрдөрөр саарык, гвоздика туппуттар. Муусука доҕуһуоллах мустубут дьон Кыайыы мэҥэтигэр хаамсан бардылар. Онно тиийэн ыытааччы сэрии хайдах саҕаламмытын, Улуу Кыайыы үөрүүтүн, сэрии кэмигэр тахсыбыт сүтүктэр тустарынан иһитиннэрии оҥордо, Улуу Кыайыы күнүнэн бар дьону эҕэрдэлээтэ. Оскуола, уһуйаан оҕолоро эҕэрдэ ырыаларын, хоһооннорун толорон бэлэхтээтилэр. Ол кэннэ мэҥэ бэлиэҕэ сэрии кыттыылаахтарыгар ытыктабылларын, сүгүрүйүүнү биллэрэн кыһыл гвоздика уурдулар, чиэстээн иһийэн турдулар. Тэрээһин оҕолорго анаммыт күрэхтэһиинэн түмүктэннэ.




