Булчут күнэ ( День охотника в Республике Саха (Якутия)) — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылын аайы муус устар ый бастакы субуотатыгар бэлиэтэнэр бырааһынньык. Саха олоҕор төрүт үгэстэри илдьэ сылдьыыга булчут оруолун, сиэрдээх бултааһыны, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыны үрдэтэр сыаллаах-соруктаах олохтоммут.
Устуоруйата
Бырааһынньык Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин 2012 сыл олунньу 17 күнүнээҕи 1224 №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Булчут күнүн олохтооһун туһунан» Ыйааҕынан олохтоммут. Бэлиэ күнүнэн муус устар ый бастакы субуотата бигэргэммит. Ыйаахха өрөспүүбүлүкэ норуоттарын төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьар уонна кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр булчут оруолун билинии, ону тэҥэ ийэ айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы, бултааһын култууратын үрдэтии сыала-соруга ыйыллыбыт.
Булчут күнүн олохтооһуну «Илгэ» кинигэ кыһата таһаарар булчуттарга уонна балыксыттарга аналлаах «Байанай» сурунаалын эрэдээксийэтэ 2012 сыллаахха көҕүлээн олоххо киллэрбит. Ол сыл сурунаал тахсыбыта 10 сыла буолбут эбит.
Суолтата
Саха Өрөспүүбүлүкэтин саламтатын официальнай билиниитинэн, булдунан дьарыктаныы — Саха сиригэр олохтоох норуоттар олохторун укулаатын көрдөрөр, ураты култуураларын арахсыбат сорҕото буолар. Булчут күнэ айылҕаны кытта алтыһыыны өрө тутар, булт сиэрин тутуһарга үөрэтэр, биир санаалаах дьону түмэр, көлүөнэ быстыспат ситимин көрдөрөр сыаллаах-соруктаах.
Бэлиэ күн сүрүн санаата — бултааһын диэн норуот этигэр-хааныгар иҥэ сылдьар төрүт үгэһэ буолар, онон булт-алт туһунан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр билиилэри харыстыахха, өрө тутуохха диэн. Уол оҕону эрдэттэн булка сыһыардахха, сааны-саадаҕы, атын булт тэрилин туттарга, тайҕаҕа да, туундараҕа да сатаан сылдьарга, булт-алт сиэрин тутуһарга үөрэнэр.

Байанай алгыһа.
Саха айылҕа оҕото,булчут хааннаах.
Киэн Саха сиригэр тарҕанан олорон айылҕа, орто дойду уйгутуттан сомсон оттоон- мастаан,бултаан- алтаан,сүөһү- сылгы иитэн баччаҕа тиийэн кэллэҕэ.
Тыйыс тымныы сир күндү түүлээҕинэн Аан дойдуга аатыран араас сирдэргэ тарҕаннаҕа.
Сэтинньи ыйга сир тонор,кыстык хаар халыныыр ,үрэхтэр,күөллэр,өрүстэр тураллар, булчут киһи ыыра кэҥиир тыатыгар тахсар кэмэ.
Байанай Үрүн Айыы Тойон уола, ойуур- тыа иччитэ,оту – маһы харыстыыр,кыылы- сүөлү үөскэтэр.
Үксүн аҕам саастаах кыыл тириитэ таҥастаах,үөрүнньэн,булчут киһи сиэри- туому тутуһар Аал уот көнүө аһатар,көрдөһөр буоллаҕына булду бэрсэр диэн өйдөбүллээх, сороҕор түүлгэ- биккэ көстөр сүбэлиир,сороҕор сэрэтэр, ардыгар сэмэлиир түбэлтэлэрэ билигин да бааллар.
Байанай арааһа элбэх.Ойуур булдун Байанайдара.Улахан булт сиэрэ – туома тус туһунан.
Сэтинньи ыйын Байанайга хайыһыы алгыһа.
Һук,һук,һук.
Дьолуону тосхойооччу
Өлгөмү биэрээччи
Хара тыа хаһаайына
Тумул тыа тойоно
Кыһыл саһыл кымньыылаах
Ой буур оонньуулаах
Көй боллох сэксэ олохтоох,
Сөҥ сөгөлөөн тусаһалаах
Эһээ диэтэххэ
Эһээ диэччи
Бардам Тутуу
Барылы Кэскил
Барыылаах
Баай Байанай Тойон эһэм
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом!
Байанайы олордуу ый санатыгар оноһуллар.Сүр Иэйэхсит киэлитигэр мунньуллар.Аска- үөлгэ болҕомто ууруллар.
Байанайы тардыы.Булчукка аналлаах алгыс.
Маны сэргэ бултка аналлаах араас үгэстэр,бобуулар,хааччахтар бааллар.Ону саха тутуһара.холобур.
– дьахтар киһи булт тэрилигэр орооһуо суохтаах,үрдүнэн атыллаабат,булчут таҥаһын үрдүгэр танаһын,атын тэрили уурбат.булт,хараҕын одуулуо суохтаах.булду оҕоҕо үлбүттэриэ,оонньотуо суохтаах.
Тайах сүрэҕин,быарын,таныытын,үөһэ уоһун,кулгааҕын сиэ суохтаах.булт онтон “быртаҕырдыыр” диэн өйдөбүл баар.
– өлбүттээх киһи 40 хонугун ,булт тэрилин арчылатан,бэйэтэ ыраастанан баран тыаҕа тахсар.
– Байанай ымсыы,харба киһини сөбүлээбэт.булчут булдуттан ордук саастаах кырдьаҕас уонна чугас дьонугар бэссэр, амсатар үгэстээх.ону Байанай инникитин булдуттан матарбат диэн ааҕаллар.
Биирдиилээн көнөс бултаах дьон баар буолар,соҕотоҕон сылдьан бултуйар.дьону кытта тапсыбат.
– Булду сыа- сым курдук астыыллар.хаанын тохтоппоттор,түүтүн ыспаттар уокка биэрбэттэр.
– атын булчут ыырыгар көнүлэ суох киирбэттэр.булт сэбин – сэбиргэлин туһаҕын,сохсотун,туутун, илимин,саатын,көнүлэ суох тыыппаттар.
– улахан бултка сылдьан кыра бултка аралдьыйбаттар,бултаспаттар.
– тыаҕа тахсан кыылы – сүөлү үргүппэт курдук,сорох түгэннэргэ улаханнык санарбакка кэпсэтэллэр.
Булчут тыаҕа тахсар алгыһа.
Аал уотум иччитэ
Хатан Тэмиэрийэ
Түүнүк Бөҕө
Күөнэ Көҕөччөр
Аан Уххан Тойон эһэм
Бултуу тахсан күммэр
Көнүллээ даа диэммин
Көрдөһөн – ааттаһан эрэбин!
Быһааҥкы сүүрүк аттаах
Саарба кыыл самыытын
Талыыта саҕынньахтаах
Муостаах буур кэрэмэс
Тыһа бэргэһэлээх
Бардам тутуу
Барылы кэскил
Баай Барыылаах Тойон эһэм
Үөл – дьүөл үһүүрэннин
Үтүө түүлээххин- кылааннааххын
Үүрэн аҕал эрэ!
Кытыгырас сүһүөхтээххин
Мөлтөтөн,бүдүрүтэн кулу эрэ!
Арыынан Аал уотун аһатар.онтон үүтээнигэр тахсан:
Баай хара тыам иччитэ
Баай Байанай
Хардаҕаспар хаайан кулу
Кылыыбар кыһарыйан кулу
Кэнтикпэр киллэрэн кулу
Туора тобуктааххыттан
Тосхолоон кулу
Адаар муостааххыттан
Анаан кулу
Үрүн түүлээххиттэн
Өллөйдөөн кулу!
Булчут тыаҕа тахсан бултуйдаҕына, үөрбүтүн биллэрэн тыа иччитигэр махтаныахтаах.Өлөрбүт кыылын муннун эбэтэр көтөрүн тумсун арыынан сотуохтаах.
Билигин истэр туһары тыа кырдьаҕаһа сир сир аайы дэлэйдэ.
Сороҕор арҕахха киирбэтэх эһэ баар буолар, сорох кырдьан хараттараары киирэн биэрэр.
Эһэни бултааһын сиэрэ:
– бултка тэринии
– бултааһын
– харайыы
– туом толоруута.
– малааһын.сорох сиргэ нэмээрин дииллэр.
Тыаҕа тахсыах иннинэ хайаан да алгыс оноһуллар.сиэри- туому дьаһайар киһини “ньымаат” дииллэр.
Эһэни өлөрдөххө.унуоҕун хомуйан өлбөххө суулаан аранастыыллар.ону ытыгылаатым дииллэр.
Алҕаска эһэни көрүстэххэ бу курдук дииллэр эбит
Тойон,
Кэтит суолгун кэспэтэҕим
Уһун суолгун оймооботоҕум
Уордайбыккын уҕарыт
Кыыһырбыккын кыларыт
Мунур муннаахпын
Такыр таннаахпын.
Ити курдук тайах,саһыл,о.д.а. бултар тус туһунан сиэрдээхтэр туомнаахтар.
” Байанайы тардар” сиэри- туому анал ойуун,алгысчыт,улахан булчут онороро.Сүөһү өлөрөн ” хойгуо” тутталлар.Эмэгэт онороллор.
Хоту сахалар эбэнкилэр курдук ” Чычыпкаан” сиэрин – туомун онороллоро.
Булт кэҕиннэҕинэ, “
Сүрэҕин сөлүөрдүн
Быарын манньыйдын”- диэн
ол кэннэ бултуйдахтарына махтаналлара.