
Кулун тутар 16 күнүгэр Куду (Дабыыдап) олохтоохторугар, оскуола үөрэнээччилэригэр Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕор сүгүрүйүү күнүгэр, “Өксөкүлээх сардаҥата” аахсыйа тэрээһинэ буолан ааста. Үгэс буолбут дьон – сэргэ биһирэбилин ылбыт тэрээһин Бастакы президент М. Е. Николаев көҕүлээһининэн саҕаламмыта.
Бу күн аахсыйаҕа оскуола оҕолоро кыттыыны ыллылар, олохтоох дьон тэрээһиҥҥэ көмө буоллулар. Оҕолорго Өксөкүлээх Саха сирин сайдыытыгар оруолун, кини олоҕун, литэрэтиирэҕэ киллэрбит кылаатын туһунан иһитиннэрии оҥоһулунна. Тэрээһин кэмигэр М. Е. Николаев фондатын көмөтүнэн уһуллубут “Кулаковский-путь в вечность” киинэни көрүүэн түмүктэннэ, “Өксөкүлээх сардаҥата” сандаарда.

