Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук – бичик күнэ. “Сахалыы дьыктаан” аахсыйа.

Олунньу 13 күнүгэр Саха сирин үрдүнэн Ийэ тыл уонна сурук – бичик күнүн бэлиэтээһин чэрчитинэн Сахалыы дьыктаан ыытыллыыта үгэс буолла. Бу күн Куду нэлилиэгин олохтоохторо бу аахсыйаҕа кыттыыны ыллылар. Суорун Омоллоон “Чүөчээски” кэпсээниттэн быһа тардыыны суруйдулар.

Сахалыы дьыктаан аахсыйаны ыытыы сыала уонна соруктара:

Сыала: сахалыы уус-уран тылы уонна саха тылын таба суруйуу быраабылаларын олоҕурдууну өйөөһүн.

Соруктара:

  • саха тылын суолтатын үрдэтии;
  • саха тылын чөл хаалларарга уонна сайыннарарга туһаайыллыбыт тэрээһиннэри ыытыыга кыттыһыы;
  • сахалыы таба уонна сөпкө суруйуу үөрүйэхтэрин иҥэрии, ону тэҥэ сурук бэлиэлэрин уонна таба суруйуу быраабылаларын сурукка туһанар дьоҕурдары быһаарыы;
  • төрөөбүт норуокка патриотизм, таптал уонна убаастабыл санааларын, норуот төрүт үгэстэригэр, тылыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыны  иитии;

Дьыктааны бэрэбиэркэлээһин түмүгүнэн “Бастыҥ суруксут” Добун суругу Васильева В. В. тутта.