Бүгүн, 2025 сыл ахсынньы 24 күнүгэр “Үөдүгэй нэһилиэгэ” МТ баһылыга Альберт Юрьевич Иванов Куду нэһилиэгэр кэлэн, олохтоохтору кытта көрүстэ. Баһылык улууска, нэһилиэккэ балаһыанньа туһунан олохтоохтору кытта сиһилии кэпсэттэ. Ол иннинэ оскуола үөрэнээччилэригэр, уһуйаан иитиллээччилэригэр, үгэскэ кубулуйбут саҥа дьыллааҕы бэлэҕи туттартаата. Кырачааннарбыт үөрүүлэрэ муҥура суох. Даҕатан эттэххэ бу үгэс 2023 сыл үүнүүтүгэр саҕаламмыта. Олохтоохтор нэхһилиэкпит Аҕа баһылыгар махтанабыт уонна үлэтигэр ситиһиини, тус олоҕор доруобуйаны баҕарабыт.




2023 сыл.

2024 сыл

2025 сыл