Олоҥхо — саха уус-уран айымньыта. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит. Олоҥхоhуттар араас айымньылары холбоон уhун олоҥхолору айаллара. Үгүс олоҥхо 10–15 тыh. хоhоон устуруокаларыттан турар эбит. Бөдөҥ олоҥхолор 20 тыh. тахса буолаллар үһү. Хас биирдии кэпсэнэр герой туспа куолаhынан ылланар. Сорох олоҥхолор хас да күн ылланаллар үһү. Ордук биллиилээх олоҥхо буолар Дьурулуйар Ньургун Боотур.
2005 с. олоҥхо ЮНЕСКО киhи аймах тыл баайын-дуолун аан дойдутааҕы тиhигигэр киирбитэ.
Сэтинньи 25 күнүгэр Куду оскуолатын дьиэтигэр Улахан дьоҥҥо Олооҥхо дьыктаана ыытылынна. Саха сиригэр Олоҥхо дьыктаанын ыытыы сыала-соруга нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар ананар:
- олоҥхо тылын-өһүн иҥэринии;
- олоҥхо тылын билиини чиҥэтии;
- олоҥхо туһунан билиини кэҥэтии;
- төрөөбүт тылынан таба суруйар таһымы үрдэтии;
- сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы.
Дьыктааҥҥа барыта 4 киһи кыттыыны ылла – Васильева В. В., Парникова С. С., Дярикова А. А. Уонна Тобохова Е. П. Дьыктааны бибилэтиэкэр Оконосов Е. Д. аахта.
Эмиэ бу күн оскуола уонна уһуйаан оҕолоругар анаан ЮНЕСКО ситимигэр киирбит саха омук тылынан айымньытын чыпчаалаын – ОЛОҤХО туһунан иһитиннэрии, көрдөрүү ыытылынна. (Парнива И. И., Тобохова Е . П.)

Олоҥхо дьыктаанын кыттыылаахтара.

Олоҥхо туһунан болҕойон истэбит.

Олоҥхо истэбит – уһуйаан оҕолоро.


Оскуола оҕолоро.