Үөһээ Бүлүү улууһа МТ Баһылыга 2024 сыл атырдьах ыйын 29 күнүнээҕи 464-р нүөмэрдээх дьаһалынан, Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт “Оптуорунньук – доруобуйа күнэ” барыла быйыл иккис сылын ситиһиилээхтик салҕанар. Бу тэрээһин чэрчитинэн, Куду алын сүһүөх оскуола саадыгар, быйылгы 2026 – 2027 үөрэх сылыгар, тэрээһини үөрүүлээхтик арыйыы балаҕан ыйын 22 күнүгэр буолан ааста. Тэрээһини олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ ыытта. Барыта 14 киһи кыттыыны ылла (11 оҕо, 3 улахан киһи).
Оҕолорго тэрээһиҥҥэ анаммыт открытка туттарылынна, кылгас эти – сиини эрчийии кэнниттэн, уһуйаан иитээччитэ Тобохова Е. П. “Правила Мойдодыра” диэн бэсиэдэ оҥордо.


