Бүгүн, ыам ыйын 7 күнүгэр Куду оскуолатын, уһуйаанын оҕолоро, олохтоохтор улуус үрүдүнэн биллэриллибит “Дьоруой сардаҥата” аахсыйаҕа кыттыыны ыллыбыт. Аахсыйа Куду олохтооҕо, Анал байыаннай дьайыыга олоҕун толук уурбут, “Эр санаа” уордьаннаах (Указ ПРезидента РФ от 11 марта 2024 г.) Сагайдак Иван Генадьевичка анаан уһуллубут кылгас клип көрүүтүттэн саҕаланна. Көрүү кэмигэр олохтоох библиотека үлэһитэ Иван Геннадьевич олоҕун туһунан иһитиннэрии оҥордо. Ол кэннэ Арассыыйа Дьоруойа Алексей Рафаэлович Петровка уонна биһиги улуустан анал байыаннай дьайыыга олохторун толук уурбут уолаттарбыт сырдык ааттарын үйэтитэн, кэриэстээн, ахтан аастыбыт, “Дьоруой сардаҥатын” уматан, иһийэн турдубут.

Сагайдак Иван Геннадьевичка анаммыт клип көрүүтэ.




“ДЬОРУОЙ САРДАҤАТА”