Алтынньы 21 күнүгэр Куду сэлиэнньэтигэр Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөдүгэй дьаһалталарын социальнай десана нэһилиэнньэни кытта кэлэн көрсөн, илэ – -хоро кэпсэтэн, олохтоохтор ыйытыктарыгар сөптөөх хоруйдары биэрэн бардылар. Ол курдук десаҥҥа бааллар
-
- Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы – Уларова Анна Михайловна.
-
- Киин балыыһа кылаабынай бырааһа – Павлова Сардана Николаевна.
-
- Улуус дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын салайааччы Васильев Семен Семенович
-
- Урбаанньыт Семенова Саргылана Анатольевна
-
- Үөдүгэй дьаһалтатын социальнай боппуруостарга кылаабынай испэсэлииһэ Лидия Валериевна Явловская.
Кэлбит ыалдьыттар олохтоохторго улууска туох уларыйыы, ситиһии баарын сиһилии иһитиннэрдилэр. Олохтоохтору ордук тыа хаһаайыстыбатын салаата, үүт туттарыытын, төбө харчытын боппуруостара интэриэһиргэттилэр.

Уларова Анна Михайловна

Павлова Сардана Николаевна

Васильев Семен Семенович

Куду олохтоохторо.

Урбаанньыт Семенова С. А. олохтоохторго гипсэннэн оҥоһуктарга маастар – кылаас ыытыытын түгэннэрэ.